Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Умсуура - Эн миигин ыҥыр | Текст песни

Мин туспар эн сулус буолан
Хараҥа халлааҥҥа тыгыаҥ этэ дуо,
Мин суолбун сырдатар чаҕыл
Сырдык дьикти ый буолуоҥ этэ дуо,
Эбэтэр сайын өрө тыынар
Илгийэр сиккиэр тыал буолуоҥ этэ дуо,
Эбэтэр кыырай үөһэ халлааҥҥа
Миигин көрдөөн былыт буолуоҥ этэ дуо?

Үөһэ халлаан угуйар сырдык тыына,
Эйигинниин мин көтүөм этэ ыраах,ыраах.
Олоҕум эн сырдык суолун батыс
Эн миигин ыҥыр, эн миигин ыҥыр, эн миигин ыҥыр.

Эн күөлгэ түспүт, туолбут ый курдук
Аттыбар буолан миигин маныаҥ дуо,
Олоҕум уостубат бу тапталын
Сүтэрбэт эрэлэ эн буолуоҥ дуо,
Итэҕэйиэм бу тапталбар
Мин эрэниэм, эйиэхэ эрэниэм.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-