Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Байбал Сэмэнэп - Хайыан этэй | Текст песни

Хайыаҥ этэй утары илиибин уунаммын
Эн нарын санныгын таарыйдахпына
Хайыаҥ этэй умнубут ааккын ааттан
Эйэҕэс дьикти киэһэ ыҥырдахпына
Хайыаҥ этэй этиий миэхэ
Хайыаҥ этэй.

2. Хайыаҥ этэй эйиэхэ мин чугаһаан
Харахтаргын утары көрдөхпүнэ
Хайыаҥ этэй эн аттыгар олорон
Хаһан эрэ ыллаабыт ырыабын туойдахпына
Хайыаҥ этэй этиий миэхэ
Хайыаҥ этэй.

3. Хайыаҥ этэй эйигин кытары
Ол чараҥҥа сэргэ хаамтахпына
Хайыаҥ этэй эйигин кууһаммын
Ол киэһэ курдук долгуйа уураатахпына
Хайыаҥ этэй этиий миэхэ
Хайыаҥ этэй.

4. Эн аттыгар атын олох,
Эн аттыгар атын таптал,
Эн аттыгар атын дьол кытыла
Ыраахтан кэтээн мин көрөбүн,
Ымыы буолбут күндү киһибин
Ыҥырыахпын туттуна сатыыбын.

5. Хайыаҥ этэй эйигин хаалларан
Хоһун аанын сабан бардахпына
Хайыаҥ этэй кэннибин хайыһан,
Харахтаргын бүтэһигин көрдөхпүнэ
Хайыаҥ этэй этиий миэхэ
Хайыаҥ этэй.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-