Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Байбал Сэмэнэп - Сүрэхтэн тахсар тылларбын | Текст песни

Туман буолбут саһарҕаны
Өр одуулаан туран
Өйтөн сүппэт умнуллубат
Оҕо сааспын ырытабын

Кэлин кэлэн кэрдиис кэммин
Кэмчиэрийэн мин кэпсиэхпин
Дойдум дьонум алгыс тылын
Айманаммын ыллаатарбын

Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн
Сырдыгы сырдаттын диэн
Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн
Дьол-соргу тосхойдун диэн
Баҕа санаам туоллун диэн
Үрдүк үөрүүм дьоҥҥо тиийдин диэн
Аныыбын эйиэхэ
Сүрэхтэн тахсар тылларбын

Хонуу нарын сибэккитин
Сахам сирин күөх сайынын
Сааһылааммын ыллаатарбын
Эдэр сэнэх эрдэхпинэ
Кэлин кырдьар саас кэлиэҕэ
Ыллыктарбын хаар сабыаҕа
Хаалыахтара санааларым
Ханнык эрэ алаастарга

Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн
Сырдыгы сырдаттын диэн
Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн
Дьол-соргу тосхойдун диэн
Баҕа санаам туоллун диэн
Үрдүк үөруум дьоҥҥо тиийдин диэн
Аныыбын эйиэхэ
Сүрэхтэн тахсар тылларбын

Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн
Сырдыгы сырдаттын диэн
Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн
Дьол-соргу тосхойдун диэн
баҕа санаам туоллун диэн
Үрдүк үөруум дьоҥҥо тиийдин диэн
Аныыбын эйиэхэ
Сүрэхтэн тахсар тылларбын

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-