Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Байбал - Үөрүү | Текст песни и Аккорды

Pesni.guru - сайт для Гуру

Am E Am E
Күн сылааhа, сырдыга,
Айылҕа кэрэ көстүүтэ,
Көтөр чыычаах ырыата,
Эдэр ыччат ырата.

Хос ырыата:
С G Am E
Сүрэҕи үөрдэр эбит,
С G F Am
Сүргэни көтөҕөр эбит.

Киhи кэрэ дьүhүнэ,
Ыраас сырдык дууhата,
Айар-тутар талаана,
Кэрэ киэҥ санаата.

Эдэр кыыс мичээрэ,
Эйэҕэстик көрүүтэ,
Эйигин эрэ таптыыра,
Эрэнэрэ, кэтэhэрэ.

Кимтэн да итэҕэс санаммакка,
Кистии-саhа сылдьыбакка,
Кэскилин туhугар дьаныhан
Кимэн киирсэн иhэриҥ.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -