Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Аркадий Алексеев - Тойбохой | Текст песни

Көбүөр бэрдин тэлгэппит
Көнө, налыы хонуулаах,
Дьол кустугун түһэрбит
Дьоһун мааны дьоннордоох -
Тойбохой, Тойбохой барахсан.
Тойбохой, Тойбохой барахсан.

Күннээх Кавказ күп-күөҕүн
Манна көрөн сөҕөҕүн,
Кынталдьыйа кылбаҥныыр
Кыталыгыҥ лыҥкыныыр -
Тойбохой, Тойбохой барахсан.
Тойбохой, Тойбохой барахсан.

Көстөн истин, элбээтин
Саһан сытар сир баайа,
Кэрэкэтин эбитин
Сахам ыллыыр кыраайа -
Тойбохой, Тойбохой барахсан.
Тойбохой, Тойбохой барахсан.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-