Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Jeada - Саха Киhитигэр | Текст песни

Дьоннор олороллор тугу да билбэккэ
Икки араас эҥэргэ, икки биэрэккэ
Кэхтэн эрэллэр кэрэни кэтэhэллэр
Сырдыкка эрэнэллэр бары
Ол эрэн дойдум миэнэ уларыйдыҥ эн бүгүн
Аламай күн анныгар олордубаттар сүгүн
Киинтэн эрэ кэлэн күрэтэллэр эн баайгын
Ким туhунан этэрбин таайдыҥ дуо?
Сатаан салайбакка сылайаллар өссө
Улуус үрдэ улуу сылдьар көтөхсө
Күн ахсын үөхсүү да өлөрсүү
Өрөсүhэр күүс суох тохтоо түксү!
Эдэр ыччат дойду туhугар хобдоҕу аддьат
Көрбөккүн дуо эн илиигэр баар кэскил
Баар буоллун бу сиргэ таптал, эйэ уонна ил
Кыhыыта бэт абата да бэт
Yс киhиттэн үсүhэ сахалыы билбэт
Кини буруйа суох кинини ким да үөрэппэт
Ол эрэн итинэн ити бүппэт
Итэҕэли сиргэ тэпсэн турабыт
Күн ахсын үтүөнү түстүөх буолабыт
Онтубут ханна баар? көстүбэт эбит
Сүтэрэбит сүтэбит
Саха буолан күн сирин көрбүтүм
Сахалыы этэбин хомолтобун үөрүүбүн
Саха сиэринэн сир үрдүгэр сылдьабын
Саха буолан күн сирин көрбүтүм
Сахалыы этэбин хомолтобун үөрүүбүн
Саха сиэринэн сир үрдүгэр сылдьабын
Саха киhитэ!
Биирдэ бэриллэр олоххо сиэрдээх буол!
Аламай күн анныгар чөл буол!
Ийэ сир үрдүгэр чэгиэн буол!
Киэҥ туттабын хайа да халлаан анныгар!


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
  • Азия Пати (Asia party) 2012, г. Омск. Fread1 - Саха сирэ (Live ... Азия Пати (Asia party) 2012, г. Омск. Fread1 - Саха сирэ (Live ...
    Омск. Fread1 - Саха сирэ (Live) ... русский на якутском. барыта кэрэ биир эрэ САХА СИРЭ ... "Till Our Hearts Beat" by Jeada - Live!
  • Jeada - Мин Сахабын - Караоке(с русским подстрочником) Jeada - Мин Сахабын - Караоке(с русским подстрочником)
    Jeada - Мин Сахабын - Караоке(с русским подстрочником). ExUmira2's .... Надо бы сделать типа слайд клип на песню "Саха ...
  • Якутский рэп (Fread1 - Биир кун) Зожигай 2010 Якутский рэп (Fread1 - Биир кун) Зожигай 2010
    Jeada - Тургутуу (HD 720p) Якутский рэп с субтитрами на русском ... Jeada - Мин Сахабын - Караоке(с русским ...