Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Fiesta feat Jeada & Smile - Харыстаа | Текст песни

Иьит бол5ой, тапталы к8рдуургэ, бу сиргэ
дьолу тутарга, бутун олох тиийбэт ардыгар
арай барытын сутэрэри, хомойуох иьин,
биир быстах тугэн быьаарар...

кунтэн кун ким эрэ 8л8рун мин билэбин, cурэхпинэн саныыбын,
то5о бар дьоммун таптыыбын, бу киэн халлааммын, т8р88бут арыыбын,
ба5ардар бутэьигин к8рдум, ба5ардар бутэьигин мин бугун у8рдум,
ол эрэн миигин кытта мин итэ5элим, ону наар к8рдуубун,
туун н8ну8 к8ст8р, харахтарбар харана сырдыыра,
мин туулбэр эрэ туннугум н8ну8 ып ыраас хаар кыыдамныыра,
онтон кырдьыгынан к8рд8хх8, киьи барахсан хаьан хараастар,
бу улугэртэн хаьан да буотах, оннук буола туруо хас да сыл аастын,
дойдубутун урусхаллыыллар, к8н8 дьону таах албынныыллар,
ылан к8рд8хх8 кимнээх эрэ наар сахалары манна ата5астыыллар,,
бу аймал5ан быыьыгар арай этиэхтээхпин эппэккэбин,
баран хаалыым эргиллибэттии мин…
оччо5о умнума сэгэрим, мин киэн туттарым этэр тылбынан,
Саха сирэ диэн дойдубунан, талан ылбыт тапталбынан,
Уонна 8сс8 этэрим баар, этэннэ буоллахпытына к8сту8,
Онтон мин харыстыам. Таптыам, к8муску8м,

Сарсын, 8йуун да буолбакка мин бугун ыксаан,
Таптыырбын этэбин билигин мин биир тылынан,
Суту8м бу туун ба5ар кэлбит ыйаа5ым чугаьаан,
Онуоха диэри олоруом эн ааккын ааттаан,
Олох тумуктэнэр бутэьик киьи ахтар тугэнин,
Атаарыахпын ба5арыам этэ эйиигинниин мин,
Арай суту8м бу туун дьыл5анан былдьанан,
Онуоха диэри олоруом эйиигин харыстаан.

Сууьунэн хардыы, анардас биир быьаарар дьыл5аны,
Ким да билбэт, ким да эппэт, хайдах буолабыт салгыы аны,
Хаьан эмит быстар эбит, олох диэммит сутэр эбит,
Быстах тугэн барыбытын у8мэн-кэтээн к8р8р эбит,
Эйиэхэ, миэхэ, 8йд88, кимиэхэ да буоллун,
Бэриллэр олох бутэр, ону уларыппаккын хомойоннун,
Эн билбэккин сахаттан т8ь8 ыччат тубэьэн олорорун,
Хайдах иитэн таьаарыай уулусса бэйэтин о5олорун,
Дьон илиититтэн дьон сутэрэ элбээтэр элбиир,
Оьолго киирэн биэрии улаатар, 8сс8 кэниир,
Ол барыта устар аныгы олох тэтимэ
Бу барыта сана улугэр уйэ кистэлэнэ,
Кун тахсыыта биллэр олус харана халлаанна,
Бэйэтин чугас дьонун атаарар киьи ахсаана
Кулук к8ст8р ол муннуктан, тобо5о эрэ хаалла сырдыктан,
Ку8х кумаа5ыттан айдаан, ытааннаьыы, улуустаьааьын

Сарсын, 8йуун да буолбакка мин бугун ыксаан,
Таптыырбын этэбин билигин мин биир тылынан,
Суту8м бу туун ба5ар кэлбит ыйаа5ым чугаьаан,
Онуоха диэри олоруом эн ааккын ааттаан,
Олох тумуктэнэр бутэьик киьи ахтар тугэнин,
Атаарыахпын ба5арыам этэ эйиигинниин мин,
Арай суту8м бу туун дьыл5анан былдьанан,
Онуоха диэри олоруом эйиигин харыстаан

Другие названия этого текста
  • Fiesta feat Jeada & Smile - Харыстаа (0)
  • Jeada, Smile feat fiesta - Харыстаа (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-